Аатырбыт снайпер, хорсун буойун, улахан дьиэ-кэргэн ытык аҕата, эһэтэ, Советскай Союз Геройа, ССРС II-с ынырыылаах Верховнай Советын депутата, биэс бойобуой орденнар кавалердара, Москва куорат 1945 сыллаах Кыайыы параадын кыттыылааҕа Федор Матвеевич Охлопков төрөөбүтэ 112 сылыгар уонна Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө "Улуу Кыайыы оҕо хараҕынан" оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго, оскуола үөрэнээччилэригэр *I - аһаҕас уруһуйга интерактивнай күрэх* ыытарбытыгар сүбэ-ама буолбут дьоммутугар барҕа махтал тылларын тиэрдэбит.
«Сэрии», - диэн соҕотох тыл эрээри элбэх өлүүнү, сору-муҥу, элбэх харах уутун иэдээни эрэ аҕаларын хас биирдии киһи өйдүүр, ордук сэрии бэтэрээннэрэ, буойуттар огдооболоро, үлэ, тыыл бэтэрээннэрэ, тулаайах хаалбыт оҕолор эрэйдээхтэр эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ.
Бу Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Саха сирин саллаата патриот, хорсун сэрииhит быhыытынан бэйэтин көрдөрбүтэ. Саха сирин сэмэй ыччата 1941 - 1945 сылларга аан дойду таhыгар аан бастаан тахсан, илиилэригэр автомат тутан, танкаҕа олорон, Кыhыл Армия араас чаастарыгар холбоhон, бутүн Европаны тоҕу хаампыт, Советскай Союhу эhэргэ соруммут немецкэй-фашистскай, японскай армияны кытары күөн көрсүспуттэрэ, кинини үлтү сынньыспыттара. Билигин бу уолаттар кырдьаҕас сэрии ветераннара, сорохторо биhиги ортобутугар суохтар. Кинилэринэн биhиги киэн тутуохтаахпыт, махтаныахтаахпыт маннык дьоллоох олоххо олорорбутугар. Кинилэр ааттара сүтэн хаалбатын диэн билиңңи уйэ дьонноро ааттатыахтаахпыт, үйэтитиэхтээхпит.
Эһэлэргит, хос эһэлэргит суолларынан сирдэтинэн кинилэр хорсун бойубуой быһыыларын, бэйэлэрин олохторун олук ууран аҕалбыт сайдыылаах олохторугар кинилэр чиэстэрин, олохторун сыалын ситэрэн эдэр көлүөнэ ыччат олоруохтара диэн эрэнэбит.
Күрэх бары кыттыылаахтарыгар, билигин Эһиэхэ үүнэр-сайдар, үөрэнэр кыах толору, ону таба туһаныҥ. Хас биирдиигит бүччүм былааннары, инники сыаллары-соруктары туруорунан олоххо сыалгытын ситиһиҥ. Сахабыт сиригэр туһалаах дьон буоларгытыгар баҕарабыт диэн баҕа санаабытын этэбит!