top of page

«Сэрии», - диэн соҕотох тыл эрээри элбэх өлүүнү, сору-муҥу, элбэх харах уутун иэдээни эрэ аҕаларын хас биирдии киһи өйдүүр, ордук сэрии бэтэрээннэрэ, буойуттар огдооболоро, үлэ, тыыл бэтэрээннэрэ, тулаайах хаалбыт оҕолор эрэйдээхтэр эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ.

Бу Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Саха сирин саллаата патриот, хорсун сэрииhит быhыытынан бэйэтин көрдөрбүтэ. Саха сирин сэмэй ыччата 1941 - 1945 сылларга аан дойду таhыгар аан бастаан тахсан, илиилэригэр автомат тутан, танкаҕа олорон, Кыhыл Армия араас чаастарыгар холбоhон, бутүн Европаны тоҕу хаампыт, Советскай Союhу эhэргэ соруммут немецкэй-фашистскай, японскай армияны кытары күөн көрсүспуттэрэ, кинини үлтү сынньыспыттара. Билигин бу уолаттар кырдьаҕас сэрии ветераннара, сорохторо биhиги ортобутугар суохтар.  Кинилэринэн биhиги киэн тутуохтаахпыт, махтаныахтаахпыт маннык дьоллоох олоххо олорорбутугар. Кинилэр ааттара сүтэн хаалбатын диэн билиңңи уйэ дьонноро ааттатыахтаахпыт, үйэтитиэхтээхпит.

 “Герой Охлопков аатынан кыраайдааҕы музейа” тэрийиитинэн *II - аһаҕас уруһуйга интерактивнай күрэх* аатырбыт снайпер, хорсун буойун, улахан дьиэ-кэргэн ытык аҕата, эһэтэ, Советскай Союз Геройа, ССРС II-с ынырыылаах Верховнай Советын депутата, биэс бойобуой орденнар кавалердара, Москва куорат 1945 сыллаах Кыайыы параадын кыттыылааҕа Федор Матвеевич Охлопков төрөөбүтэ 112 сылыгар уонна Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө "Улуу Кыайыы оҕо хараҕынан" оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго күрэх түмүктэннэ.

Күрэх сыала-соруга үүнэр ыччат  кэрэни кэрэхсээн  өйүгэр - санаатыгар ҥэриитин ситиһии,  саха  норуотун  чулуу  уолун  сырдык  аатыгар ытыктабылы  иитии,  төрөөбут дойдуга  тапталы  иҥэрии буолар.

Байаҕантай нэһилиэк  уһуйааннарыттан 24 уруһуй уопсайа киирдэ.

Уопсайа үс бөлөххө арааран дьүүллүүр сүбэ үлэлэри сыаналаата. бастакы бөлөх (2-3 саастарыгар дылы)

1 миэстэ - Санникова Эванжелина, салайааччы: Сивцева О.Я.

2 миэстэ - Портнягина Агита, салайааччы Сивцева О.Я.

3 миэстэ -Атакова Саина, салайааччы Голикова А.В.

 

иккис бөлөх (4-5 саастарыгар дылы)

1 миэстэ -Черноокая Олеся, салайааччы Харайданова Е.А.

2 миэстэ - Калинина Настя, салайааччы Сивцева О.Я

3 миэстэ - Ермолаев Эрсан, салайааччы Николаева А.А

 

үһүс бөлөх (оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор)

1 миэстэ -Кондратьева Амелия, салайааччы Атакова В.Е.

2 миэстэ - Максимова Кэрэчээнэ, салайааччы Харайданова Е.А

3 миэстэ Степанов Арылхаан, салайааччы Софронова А.Ф.

 

Күрэх түмүгүн музей сайтыгар http://muzei5.wixsite.com/muzei киирэн көрүөххүтүн сеп.

*II - аһаҕас уруһуйга интерактивнай күрэҕи* ыытарбытыгар сүбэ-ама буолбут дьоммутугар уонна ИП Ирина Петровна Павловаҕа барҕа махтал тылларын тиэрдэбит.

Күрэх бары кыттыылаахтарыгар, билигин Эһиэхэ үүнэр-сайдар, үөрэнэр кыах толору, ону таба туһаныҥ. Хас биирдиигит бүччүм былааннары, инники сыаллары-соруктары туруорунан олоххо сыалгытын ситиһиҥ. Сахабыт сиригэр туһалаах дьон буоларгытыгар баҕарабыт диэн баҕа санаабытын этэбит!

 

Музей директора Севостьянова Л.Д.

Ыам ыйын 8 күнэ 2021 сыл

bottom of page